25 Муус устар 25.04
  • -4°
  • $ 92,51
  • 98,91

Ил Түмэҥҥэ бэйдиэ сылдьар ыттары көрүүгэ сокуоҥҥа уларытыылары көрдүлэр

17:15, 26 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кэлэр нэдиэлэҕэ Ил Түмэн дьокутааттара «Об ответственном обращении с животными» федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэри көрүөхтэрэ.


Ветеринария Департаменын салайааччытын солбуйааччы Саргылана Павлова дьокутааттар, уопсастыбанньыктар сокуоҥҥа хас эмэ уларытыылары киллэрэри туруорсалларын эттэ.

«Хас биирдии субъект хаһаайына суох ыттары бэйэтин усулуобуйатыгар сөп түбэһиннэрэн бэрийэригэр кыах бэриллиэхтээх. Сорох улуустарга приют тэрийэр табыгаһа суох», — диэтэ кини.

Маны таһынан Саргылана Павлова кыыллары барыларын маркировкалыыр наадатын, маныаха хаһаайыттарга административнай эппиэтинэһи кытаатыннарары эттэ. Итини сэргэ приюттарга хараллар дьиэ кыылларын киһилии өлөрөр наадатын, быстах кэмнээх пууннары суох гынары, кыыллары хос бэйдиэ ыытары тохтотор туһунан сокуоҥҥа уларыйыылар киирэллэрэ наадалааҕын эттэ.

Сокуон барылын Арассыыйа сорох субъектара өйөөбүттэр.

Билигин Саха сиригэр түөрт приют баара биллэр – Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Алдаҥҥа. Өссө да 23 саҥа приют тутуллара, 13 сөргүтүллэрэ наада.

Сиһилии манна билис https://ysia.ru/yakutiya-initsiiruet-izmeneniya-v-zakon-ob-otvetstvennom-obrashhenii-s-zhivotnymi/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА