Икки ойуур уотун умуллардылар

Атырдьах ыйын 2 күнүнээҕи дааннайынан, Саха сиригэр икки ойуур уотун умуллардылар. Уопсай иэнэ — 26 тыһ. гектар. 


Биир баһаар 14 255 га иэннээх Горнайга, иккис 12 тыһ.гектардаах Нам улууһугар баара. Барыта холбоон 112 киһи үлэлээтэ — ол иһигэр 102 парашюттаах баһаарынай уонна десантник баһаарынайдар, үс ойуур харыстабылын сулууспатын үлэһитэ уонна сэттэх олохтоох дьон, биэс тиэхиньикэ.

Быйылгы баһаар кэмэ саҕаланыаҕыттан 163 ойуур уота умулунна, уопсай иэнэ — 105 170,79 га.

СИА.

This post was published on 02.08.2018 13:33 13:33