Иирэлээх өрүс киртийиитин чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ

Арассыыйа СК Саха сиринээҕи СУ Мирнэйдээҕи силиэстийэлиир отдела Иирэлээх киртийиитин чахчытынан холуобунай дьыаланы көбүттэ, диэн СИА-ҕа регион силиэстийэлиир кэмитиэтэ иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, атырдьах ыйын 19 күнүгэр Алмазнай бөһүөлэккэ 7 №-дээх Иирэлээхтээҕи быһыт тоҕу барбыта. Ити түмүгэр, “АЛРОСА” АК Мирнэйдээҕи хайа-байытар кэмбинээтин “Иирэлээх” бириискэтин котлованыттан  уу Иирэлээххэ түспүтэ.

Бэрэбиэркэҕэ ылыллыбыт ууга буортулаах эттиктэр бааллара биллибитэ. Билигин силиэстийэ бу туохтан тахсыбыт биричиинэтин уонна ким буруйунан тахсыбытын силиэстийэлиир.

This post was published on 01.10.2018 18:21 18:21