Иэскитин төлүүргүтүн умнумаҥ!

Ханнык баанын ыйбаппын. Үс сыллааҕыта дьүөгэбэр баантан эрийэннэр: “Барыстаахтык кирэдьииттэ ыл, туох даҕаны мучумаана суох, пааспаргын эрэ илдьэ кэл”, — диэн эрий да эрий буолбуттар. Ол кэмҥэ харчыга быстаран дуу, туох эрэ мал атыылаһаары дуу, пааспарын туппутунан сүүрэн тиийэн, 50 тыһ. солк. харчыны сыл аҥаарыгар кирэдьиит оҥорторон ылбыт. Дьүөгэбин билбитим уонтан тахса сыл буолла, эппиэтинэстээх, дьоһун киһи. Онон, сыл аҥаарынан чуо-бааччы төлүөхтээх сууматын төлөөн бү­­тэрбит. Иэһин-кууһун сабан баран, тас дойдуга үөрэнэ барбыт. Үс сыл буолан баран дойдутугар кэлэн, хат үлэ булунан, үлэлээн испит. Дьон сүтэриэ диэн, төлөпүөнүн нүөмэрин “тилиннэрбит”. Бэл диэтэр, үс даҕаны хоммотох, урут кирэдьиит ылбыт бааныттан эрийэннэр: “Биһиги бааммытыгар иэстээххин, иэскин төлөөбөтөххүнэ, суукка дьыала тэрийиэхпит”, — диэн куттаабыттар. Кыыс тута харчы иэс ылбыт бааныгар сүүрэн тиийбит. Тугун-ханныгын ыйыталаспыта, маннык буолан тахсыбыт. Били ылбыт кирэдьиитин бүтэһик төлөбүрүн биир күн хойутатан төлөөн, устуойка ааҕыллыбыт. Ол устуойка үс сыл иһигэр мунньуллан 153 (!) тыһ. солкуобайга тэҥнэспит.

Кирэдьиитин төлөбүрүн биир күн бэйэтэ хойутаппыт буруйугар, дьүөгэм барахсан иэскэ ыйанан хаалбыт. Буруйун төһө даҕаны билиннэр, саамай кыһыйара диэн, баантан “барыстаах кирэдьииттэ ыл, бачча үчүгэй, оччо үчүгэй!” диэн күҥҥэ аччаабыта үстэ эрийэллэрэ үһү. Оттон “төлөбүргүн хойутаттыҥ, устуойка ааҕылынна” диэн сэрэтэн биирдэ даҕаны эрийбэтэхтэр.

Онон, мин эмиэ урут-хойут ылбыт кирэдьииттэрим бааннарыгар эрийэн, дуогабарым нүөмэринэн сураһарга күһэлинним. Аны иэскэ ыйанан хаалан…

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 31.07.2018 18:17 18:17