20 Муус устар 20.04
  • $ 93,44
  • 99,58

Горнай улууһун биэс нэһилиэгэр түргэн интернет киирдэ

17:04, 24 апреля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

МТС иһитиннэрбитинэн, Горнай улууһун биэс нэһилиэнньэлээх пуунугар «төрдүс көлүөнэ» ситим киирдэ. Олохтоохтор түргэн интернеккэ холбоннулар.


Муус устар ыйга Горнай улууһун тыһыынчаттан аҕыйах киһи олорор Дьиикимдэ, Өрт, Аһыма, Күөрэлээх, Бэс-Күөл нэһилиэктэригэр интернет киирдэ. Нэһилиэнньэни тэҥэ социальнай эбийиэктэри хабар: оскуола, култуура дьиэтэ, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ. МТС түргэн интернети эрдэ Бэрдьигэстээххэ киллэрбитэ.

«МТС хампаанньаҕа өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр түргэн интернети киллэрэригэр махтанабын, — диэтэ инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистир Анатолий Семенов. – Самоизоляция эрэһиимин кэмигэр интернет оруола олус күүһүрдэ. Ситимҥэ ноҕурууска күүрэн турар кэмигэр, хампаанньа саҥардыыга, саҥа станциялары тутууга ылсар. Бу барыта олох хаачыстыбата үрдүүрүгэр туһуланар».

Сиһилии: https://ysia.ru/u-zhitelej-pyati-sel-gornogo-ulusa-vpervye-poyavilsya-vysokoskorostnoj-mobilnyj-internet/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА