20 Муус устар 20.04
  • -1°
  • $ 93,44
  • 99,58

Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун оскуолаҕа бэлэмнииргэ 120 мөл солк көрүллүбүт

12:01, 10 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Элбэх оҕолоох ыаллар саҥа үөрэх дьылын көрсө биир оҕоҕо (оскуола саастаах эбэтэр орто анал үөрэх устудьуонугар) 3 629 солк.ылаллар. Маныаха өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 120 мөл солк көрүллүбүт. Түөрт тыһыынчаттан тахса дьиэ кэргэн көмө харчыны номнуо ылбыттар. Бу туһунан СИАҕа СӨ үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Көмө харчы оҕолорго оскуола таҥаһын, спортивнай, атын таҥнар таҥаһы ыларга диэн бэриллэр. Харчыны элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ыйдааҕы дохуота хас биирдии киһиэхэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына ылар кыахтаах.

2020 сыл от ыйын 1 күнүгэр 4 577 ыал 9 219 оҕоҕо көмөнү туппуттар.

Сайаапканы ыал олорор сиринэн социальнай харалта Управлениетыгар эбэтэр Госуслуги порталын нөҥүө биэриэхтэрин сөп.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/v-yakutii-mnogodetnym-semyam-pomogayut-podgotovit-detej-k-shkole/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА