26 Муус устар 26.04
  • -6°
  • $ 92,13
  • 98,71

Егор Борисов: Уһук Илиҥҥэ гектар сири босхо биэрии үһүс түһүмэҕэр бэлэм буолуохтаахпыт

16:59, 22 декабря 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уһук Илиҥҥэ гектар сири босхо биэрии үһүс түһүмэҕэр күүстээх бэлэмнэнии барыахтааҕын туһунан Саха сирин баһылыга Егор Борисов эттэ.


Ити чуолаан сири биэрии бэрээдэгэ, муниципальнай сирдэргэ кадаастыр докумуоннарын оҥоруу тупсарылларыгар сыһыаннаах.

Саха сирин баһылыга эппитинэн, бүгүҥҥү ааҕыынан сири босхо ыларга 8,3 тыһыынчаттан тахса сайабылыанньа киирбит. Онтон 3 тыһыынча киһиэхэ аккаастаабыттар. Тоҕо итинник буолбутун толору быһаарсар наадалааҕын кини ойуччу тутан эттэ. Үһүс түһүмэх саҕаланара чугаһаабытын, онно Арассыыйа хайа баҕарар олохтооҕо сайаапка биэрэр бырааптааҕын кини ыйда.

«Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ ыыппыт ыйытыгын түмүгэр көстөрүнэн, Россия олохтооҕун 11% региоҥҥа сир ылыан баҕарар. Бу дьоһун сыыппара. Биһиги бэлэм буолуохтаахпыт, муниципалитеттар үчүгэйдик толкуйдуохтаахтар», — диэтэ Егор Борисов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА