20 Муус устар 20.04
  • $ 93,44
  • 99,58

Егор Борисов социальнай эйгэни өрө тарта

14:44, 30 мая 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Юлия Алексеева, элбэх оҕолоох ийэ, Сунтаар:

— Биһиги өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын ылан туһанан, улаханнык абыраммыппыт. Эдэр ыал дохуота кыра буоллаҕа, онон дьиэлэнэргэ төһүү күүс буолбута. Уһаппакка биэрбиттэрэ. Үһүс оҕобут төрөөбүтүгэр учаастак ыларга уочаракка турабыт.

Егор Борисов социальнай бэлиитикэҕэ улахан болҕомтотун уурбутун билэбин. Ол курдук кыаммат дьоҥҥо, элбэх оҕолоохторго көмөнү оҥорорго элбэх ыйааҕы таһаарбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ хамнас алын кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнэһэригэр олук уурбута. Дьоруой Ийэ статуһун төннөрөн, “Ийэ албан аата” мэтээли биэрэн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ, демографияны тупсарыыга соруктаахтык үлэлэспитэ.

Айсен Сергеевич Николаев социальнай эйгэ боппуруостарын эмиэ болҕомтоҕо ылан, салгыы сайыннарыа диэн эрэнэбит.

Бэлэмнээтэ Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ»  хаһыат, edersaas.ru

0

0
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА