29 Кулун тутар 29.03
  • -11°
  • $ 92,26
  • 99,71

Егор Борисов: Биһиги Россия дьоно-сэргэтэ сэбиэскэй саллааттар хорсун быһыыларын хаһан да умнуохпут суоҕа!

12:39, 09 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Сэрии, тыыл бэтэрээннэрэ! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата уонна тус бэйэм Улуу Кыайыы күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит!


Кэм-кэрдии дьулурҕатык суккуллан ааһар, көлүөнэлэр утуу-субуу солбуһаллар, ол эрээри ыам ыйын 9 күнэ – Улуу Кыайыы күнэ дойду киэн туттуутун, бойобуой албан аат уонна дьон хорсун быһыытын күнүнэн үйэлэр тухары сүрэххэ-дууһаҕа, өйгө-санааҕа тыыннаах сылдьар.

Киһи аймах историятыгар саамай элбэх киһи олоҕун толук ылбыт, саамай ыар сэрии тыһыынча түөрт сүүс уон аҕыс күн устата салҕанан барбыта. Бу иэдээннээх сэриигэ Кыайыы олус улахан, ыарахан сыананан ситиһиллибитэ. Сэриигэ, тыылга биһиги ийэлэрбит, аҕаларбыт, эһээлэрбит, эбээлэрбит Аҕа дойдуну көмүскүүр туһугар доруобуйаларын да, олохторун да кэрэйбэтэхтэрэ.

Билигин олоҕу олорор көлүөнэҕэ ыам ыйын 9 күнэ Ийэ дойдуга дьиҥнээхтик бэриниилээх буолуу, норуот булгуруйбат санаата, дойдуну көмүскүүр, харыстыыр диэн өйдөбүллэри санатар уонна тиэрдэр Ытык Күн. Бу бэлиэ күн эмиэ да үөрүү, эмиэ да курутуйуу санаалара барыбытын ыга кууһаллар. Буойуттар, тыыл үлэһиттэрэ эйэлээх олоҕу эргиппиттэринэн киэн туттабыт уонна муҥура суох махтанабыт!

Биһиги, Россия олохтоохторо сэбиэскэй саллааттар хорсун-хоодуот быһыыларын хаһан да умнуохпут суоҕа уонна сэрии историятыгар баар токуруутулары куруук утарыахпыт. Билигин атын судаарыстыбалар дойдубутун күһэйэ, кыһарыйа сатыыр кэмнэригэр биһиги буойуттарбыт, тыылга үлэлээбит дьон кыайыылара, хорсун быһыылара мэлдьи да бастыҥ уонна чаҕылхай холобур буола туруоҕа. Улуу Кыайыы нэһилиэнньиктэрэ буоларбыт биһиэхэ үрдүк чиэс. Кыайыы күнэ дойду тутулуга суох буолуутугар, инники көлүөнэбитигэр эйэлээх олох иһин эппиэтинэһи үөскэтэр. Көлүөнэлэр ыкса ситимнэрэ быстыа суохтаах. Дойду күүһэ көлүөнэлэр маннык ситимнэригэр сытар. Улуу Кыайыы туһунан сырдык өйдөбүл баарын тухары Россия кыамтата хаһан да уҕарыа, мөлтүө-ахсыа суоҕа.

Аҕа көлүөнэбит олоҕун да кэрэйбэтэх хорсун быһыыта, хоодуот санаата биһиги эйэлээх олоххо олоруубутун, айымньылаахтык үлэлиирбитин, айарбытын-тутарбытын, Россия модун кыаҕын өссө күүһүрдэрбитин мэктиэлээбитэ.

Ытыктабыллаах бэтэрээннэр бука барыгытыгар сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит, төбөбүтүн хоҥкутабыт!

Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга Албан аат! Эйэлээх олоҕу сэрии иэдээнэ күлүктээбэтин!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Егор Борисов

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА