25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Егор Борисов: Атын сиртэн үлэлии кэлбит дьону хааччахтааһыҥҥа үлэ барар

10:12, 27 апреля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өймөкөөн улууһугар Россия таһыттан элбэх киһи кэлэн үлэлиир. Ол эрээри үлэлиир патеннарын Дьокуускай куоракка ылар буоланнар, сылга биһиги 8,5 мөлүйүөн кэриҥэ солк. сүтэрэбит. Бу боппуруос быһаарыллыан сөп дуо?” – диэн ыйыттылар Уус-Ньараттан Ил Дархантан быһа эфир кэмигэр.


Олус улахан тиэмэни таарыйдыгыт. Бу – мин таһыммар быһаарыллар боппуруос буолар. Ыам ыйын иһинэн быһаарыахпыт дии саныыбын”, — диэн хоруйдуур Егор Борисов.

Ону сэргэ миграннар тустарынан этэригэр билигин тас дойдуттан араас санаалаах, култууралаах дьон кэлэринэн манна хонтуруол наадатын бэлиэтиир.

“Ол туһугар икки улахан боппуруоһу быһаарыахпытын наада. Бастатан туран, кэлбит дьон араас таһымнаахтар. Сорохтор тосту-туора быһыыланалларыттан биһиэхэ атааннаһыы, сокуону кэһии тахсар. Оннук буолуо суохтаах. Иккиһинэн, билиҥҥи кэмҥэ терроризм боппуруоһа олус күүскэ турда. Итиннэ эмиэ хааччахтааһын наада. Онон атын сиртэн үлэлии кэлбит дьону хааччахтааһыҥҥа үлэ барар”, — диэн бэлиэтиир Егор Афанасьевич.

Манна сыһыаран эттэххэ, бу соторутааҕыта атын сиртэн үлэлии кэлэр дьону хонтуруоллуур, хааччахтыыр туһунан Ил Дархан ыйааҕа тахсыбыта. Онно доруобуйа харыстабылыгар, үөрэх, тырааныспар, атыы-эргиэн, эйгэлэригэр, хамсаабат баайы-дуолу кытары үлэлээһиҥҥэ, балыктааһыҥҥа, оҕуруот аһын олордооһуҥҥа миграннары хааччахтыыр туһунан этиллэр. “Бэйэбит дьоммут үлэлиир эйгэлэригэр тас дойдуттан кэлэн үлэлиэ суохтаахтар”, — диэн этэр Егор Борисов.

Санатан этэбин, сэттэ чаастан “Саха” НКИХ Егор Борисов быһа эфиргэ нэһилиэнньэ ыйытыытыгар хоруйдуу олорор.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА