25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Егор Борисов: Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттары өйүүр бырагыраамалар Саха сиригэр куруук бааллара

16:30, 14 июня 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин Баһылыга Егор Борисов «Восток России» информационнай-аналитическай таһаарыыга интервью биэрдэ. Онно аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттары өйүүр бириинсиптэр, миэрэлэр тустарынан кэпсээтэ. 


«Өрөспүүбүлүкэҕэ аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын, тылларын, анал үөрэхтээһиннэрин өйүүр бырагыраамалар бааллар. Манна олохтоох бюджеттан ботуччу үбүлээһини оҥоробут. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, табаны иитиигэ, балыктааһыҥҥа, бултааһыҥҥа эмиэ тустаах материальнай көмө оҥоһуллар. Ону толорорго Саха сиригэр анал сокуоннар бааллар. Нуорма акталарыгар олоҕуран аҕыйах ахсааннаах норуоттар үгэскэ кубулуйбут дьарыктара дотацияланар, субсидияланар. Бу олохсуйбут, дьон иитинэн олорор хайысхаларын сүтэрбэт туһугар ылыллар тулхадыйбат дьаһаллар. Этэргэ дылы, «балыгы буолбакка күөгүнү биэрэбит»«, — диэтэ Егор Борисов.

Ил Дархан хотугу норуоттарга анаммыт социальнай төлөбүрдэр эмиэ толору кээмэйинэн оҥоһулла туралларын ыйда: «Холобур, оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийии. Ардыгар оҕолору лааҕырга ыытарга харгыстары көрсөбүт. Тоҕо диэтэххэ, төрөппүттэр ыстаадаларга оҕолорун үлэҕэ көмөлөһүннэриэхтэрин баҕараллар. Ити эрээри биһиэхэ оҕо доруобуйата ордук сыаналанар, ол иһин ийэлэри-аҕалары кытта кэпсэтии ыытабыт. Уопсайынан, аҕыйах ахсааннаах норуоттары өйүүр бырагыраамалар — биһиэхэ куруук бааллара уонна бааллар«.

Егор Борисов этэринэн, ыксаллаах да балаһыанньалар тахсыталыыллар. «Холобур, халаан уута ааһар кэмигэр. Манна даҕаны систиэмэ тохтоло суох үлэлиир. Кылаабынайа, дьон докумуоннарын кэмигэр уонна сөпкө оҥоруохтарын наада. Оччоҕо көмө түргэнник оҥоһуллар. Быйыл Березовка сэлиэнньэтэ халаантан эмсэҕэлээтэ. Атын да нэһилиэнньэлээх пууннар сэрэхтээх соҕус балаһыанньалаахтар. Ити эрээри хоромньу аҕыйах буоларыгар эрэллээхпит. Бу кыһалҕалары бэйэбит күүспүтүнэн быһаарар кыахтаахпыт. Мин толкуйдуурбунан, федеральнай киинтэн көмө наада буолбата буолуо».

Бэлиэтиир буоллахха, Егор Борисов интервью кэмигэр бөдөҥ корпорациялары кытта үлэҕэ сыһыан, олохтоох оҥорон таһаарыы, «АЛРОСА» АХ акцияларын приватизациялааһын уо.д.а. туһунан ыйытыыларга эппиэттэри биэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА