29 Кулун тутар 29.03
  • -10°
  • $ 92,26
  • 99,71

Үөһээ Бүлүүгэ 12 ыал дьиэҕэ субсидия ылла

17:35, 18 октября 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Республиканскай тус сыаллаах программа чэрчитинэн үлэлиир «Эдэр ыалы олорор дьиэнэн-уотунан хааччыйыы» программа барылынан, алтынньы 11 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар 12 эдэр ыалга үөрүүлээх быһыыга-майгыга биир кэмнээх төннөрүллүбэт харчы (субсидия) сертификатын туттардылар.


Улууска бу программа эппиэттээх сэкиритээринэн 2012 сылтан Гульнара Чылбынова үлэлиир. Бу түөрт сыл иһигэр 300-чэкэ эдэр ыал саҥа дьиэ туттан киирбиттэр. Программа ирдииринэн, дьиэ тупсаҕай көрүҥүн ааһан, аныгы олох ирдэбилинэн толору хааччыллыылаах буолуохтаах.

Ариан, Наталья Федоровтар, Мэйик нэһилиэгин олохтоохторо:

2015 сылга 125 кв. миэтэрэ иэннээх, этээстээх дьиэ холлоҕоһо туттубуппут. Быйыл эдэр ыаллар программаларыгар хапсаммыт олус үөрдүбүт, харчы кырыымчык кэмигэр – улахан көмө. Элбэх оҕолоохпутунан 718 тыһыынча солкуобай суумалаах сертификат ылар чиэскэ тигистибит. Үс оҕолоохпут, улахаммыт 6 кылаас, орто оҕобут түөртээх, кырабыт икки саастаах. Бэйэм Мэйик орто оскуолатыгар ырыаҕа оҕолору дьарыктыыбын, кэргэним Наталья маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыр. Эрдэ улуус киинигэр олорбуппут, онтон элбэх оҕолоох ыал тыаҕа олохсуйара ордук дии санаан, мин дойдубар Мэйик нэһилиэгэр көһөн тиийбиппит.

Эппиэттээх үлэһит Гульнара Чылбынованы кытта кэпсэттим.

35 саастарыгар диэри эдэр ыал хас оҕолоохторуттан көрөн сертификат суумата быһаарыллар. Ааспыт сылга 20 ыал сертификат ылбыта. Быйыл федеральнай үптэн харчы көрүллүбэккэ, өрөспүүбүлүкэттэн уонна улуус үбүттэн 12 эрэ ыал көмөнү ылар кыахтанна. Ол курдук, 12 ыалтан 5-һэ элбэх оҕолоохтор. Кинилэр 2013-2014 сылларга сайабылыанньа биэрбиттэрэ, уочараттара дьэ кэллэ. Сайабылыанньаны сыл устата ылабыт. Онон бу субсидиянан туһаныан баҕалаах ыал ахсаана сылтан сыл эбиллэр. Ылан көрдөххө, холобура, сылга ортотунан 15-18 ыалга сертификат биэрэр эбит буоллахпытына, сылын аайы уочарат халыҥаан иһэр. Онон сылын аайы 40-ча ыал уочаракка хаалан хаалар. Уочарат кэһиллибэт, испиэһэгинэн баран иһэр.

— Сайабылыанньа биэрбит дьон бары бу программаҕа хапсар дуо?

Эдэр ыалы дьиэлээһин программа чэрчитинэн анаммыт субсидия харчыта саҥа дьиэни туттууга, квартира атыылаһыыга, ол эбэтэр олорор дьиэни тупсарыыга көрүллэр. Бастатан туран, 35 саастарын ааһа илик буолуохтаахтар. Бу саҥа 12 ыал номнуо дьиэ-уот тэринэн, сорохторо малааһыннаан бүтэн олороллор. Сүрүн усулуобуйанан, ыал дьон государственнай, ол эбэтэр бюджет тэрилтэтигэр үлэлиир, ону таһынан бэйэлэрэ бас билэр уһаайбалаах уонна дьиэ тутуутун саҕалаабыт буолуохтаахтар. Программаҕа ыйылларынан 35%-на көмө, оттон 65%-нын ыал дьон бэйэтэ уйунуохтаах.

— Ыал оҕотун ахсаана оруолу оонньуур дуо?

Биллэн турар, үстэн элбэх оҕолоох эдэр ыал бу программаҕа хапсар кыаҕа үрдүүр. Онтон холобур, бастаан уочаракка туралларыгар 1-2 оҕолоох ыаллар субсидия бэриллэр сылыгар оҕолорун ахсаана эбиллэн хаалбыт буолааччы, ол биир өттүнэн эмиэ үчүгэй, бастатан киэҥ дьиэни тутталлар, иккиһинэн оҕотун ахсаныттан көрөн субсидияларын кээмэйэ улаатар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА