19 Муус устар 19.04
  • -2°
  • $ 94,09
  • 100,53

Эдэр табаһыттар дьиэ тутталларыгар көмө төлөбүр ылыахтарын сөп

10:01, 10 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Эдэр табаһыттар дьиэ тутталларыгар социальнай төлөбүр ылыахтарын сөп. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов социальнай ситимнэргэ быһа эфиргэ эттэ.


«Бырабыыталыстыба мунньаҕар бырайыак пилотнай быһыытынан ылыллыбыта, бюджеттан 10 мөл солк көрүллүбүтэ. Үп 35 саастарын туола илик эдэр табаһыттарга дьиэ тутталларыгар грантовай өйөбүл быһыытынан бэриллэр», — диэтэ Александр Атласов.

Докумуоҥҥа олоҕуран, социальнай төлөбүрүнэн 35-гэр диэри саастаах эдэр табаһыттар, өрөспүүбүлүкэ Арктикатын зонатын территориятыгар олорор, бу эйгэҕэ 4 сыл эҥкилэ суох үлэлээбит буолуохтаахтар. Төлөбүр ылбыт табаһыт өссө 5 сыл эбии үлэлиэхтээх.

Хотугу норуоттар түөлбэлээн олорор 21 оройуоннарыгар 236 эдэр табаһыт 48 хаһаайыстыбаҕа үлэлиир, ол иһигэр Арктика зонатыгар — 164 эдэр табаһыт норуот үгэскэ кубулуйбут төрүт дьарыгын салгыыр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА