25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Дьылдьыт Өндүрэй Варламов: «Сааспыт эрдэлиэ»

17:42, 10 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыйыс айылҕалаах сиргэ олорор буоламмыт сааһы олус күүтэбит. Быйыл даҕаны ыам ыйын хаара суох көрсүөхпүт. Ол эрээри, ыам ыйыгар ааспыт сылларга курдук тымныйыа суоҕа.


Быйыл кыһын халлааммыт аһара тымныйан уонна уһуннук туран, күөллэр, өрүстэр дөйө тоҥнулар. Онон ааспыт сылтан 1-2 нэдиэлэ хойутаан ууллуохтара. Сааспыт төһө даҕаны эрдэлээтэр уонна хаара халтаҥ буоллар, сир силимнэһэ тоҥон (кэлиҥҥи отучча сылга быйыл дьэ силимнэстэ!), сааскы ириэһин уута, кытыйаҕа кутуллубут курдук, сиргэ иҥпэккэ сыккыстаан, үрүйэҕэ-үрэххэ, өрүскэ кубулуйан дьалкыйыа. Онон, өрүс эҥээригэр олороооччулар уу кэлэригэр эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ эрэйиллэр. Арыыттан оту, сылгыны таһаарбатахха, улахан ороскуот тахсыаҕа.

Ааспыт күһүн сорох сиргэ ньиккирэччи ардаан, сир сиигин иҥэриммитэ силбэһэ тоҥно. Тоҥ сиргэ саас эрдэлээн ирбит хаар уута сыккырыы сүүрдүөхтээх. Айылҕа уларыйда: кыһыны быһа улахан тымныы турда. Чурапчыга оскуола оҕолоро 50-тан тахса күн үөрэммэтилэр. Кыһын тымныйбытын ситэрэн, саас-сайын кураан, сылаас күнэ элбэх буолуо.

От ситэн сиэмэтин сиргэ түһэрбитин кэнниттэн оттоотоххо, эһиилигэр от хото үүнэр. Билигин тиэхиньикэ элбэҕэр сайыны быһа оттообоккун. Үчүгэй, күөх оту ылар сорук турар. Өҥ сайыннарга от курулатан хаһаамматахпыт охсуоҕа. Алаас сирдээх илин эҥээрдээҕи улуустарга өҥ турбута үйэ чиэппэрэ буолла. Сааскы ууттан улахан сииги туппакка, алаас уонна хордоҕой сирдэр кураанныахтара. Илин эҥээрдээҕи улуустар улаханнык уутуйбатах, үрэҕэ суох алаастара уулара тардан, кууран, хордоҕой сиргэ аһыҥа үөскүөҕэ.

Үтүмэннээх үп кутуллан, Чурапчыга диэри тутуллубут “Өлүөнэ – Туора Күөл” уу ситимэ баччаҕа диэри толору кыаҕынан туһаныллыбакка кэллэ. Кураан сатыылаатаҕына, бу турбанан ууну Таатта үрэххэ өрө астарарга үп-харчы бөҕөнү эрэйиэ турдаҕа. Баараҕай бырайыак үлэлээн, бэйэтин көрдөрөр кэмэ дьэ кэлэн эрэр.

(Ыстатыйа толору барыйаанын “Саха сирэ” хаһыат б. дь. кулун тутар 14 күнүнээҕи №-гэр ааҕыҥ).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар