25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Саха сиригэр Дьоруой Ийэлэргэ биирдии мөлүйүөнү биэриэхтэрэ

15:01, 26 апреля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Егор Борисов “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох ийэлэри өйүүр миэрэлэр тустарынан” диэн уурааҕа таҕыста. Манна Дьоруой Ийэ диэн анал бэлиэ олохтонорун туһунан этиллэр.


Сэбиэскэй кэмҥэ Дьоруой Ийэлэр Үлэ дьоруойдарыгар тэҥнэнэр этилэр. Улахан чиэс-бочуот этэ. Судаарыстыба өттүттэн дьоһун көмө да оҥоһуллара. Аан бастаан 1944 сыллаахха уонтан элбэх оҕону төрөппүт, ииппит ийэлэргэ Дьоруой Ийэ уордьанын, ССРС Үрдүкү сэбиэтин грамотатын туттарбыттара. Уордьан кыһыл уонна үрүҥ көмүстэн оҥоһуллара, Сэбиэскэй Сойуус биир үрдүкү наҕараадата этэ. Оҕону иитии ол курдук үрдүктүк сыаналанара.

Бүтэһигин маннык уордьаны 1991 сыл сэтинньи 14 күнүгэр туттарбыттара. 1995 сыллааҕы туругунан, 431 тыһыынча кэриҥэ дьахтар Дьоруой Ийэ аатын ылбыта.
Билигин Арассыыйаҕа маннык статус суох. Арай, 2008 сылтан, «Родительская слава» бэлиэнэн сэттэттэн элбэх оҕолоох ийэлэри, аҕалары наҕараадалыыр буолбуттара. Бэлиэ 50 тыһ. солк. харчынан бириэмийэлээх, ону тэҥэ кэккэ социальнай чэпчэтиилэринэн туһаныахха сөп. Ол эрээри, бу бэлиэни барыларыгар биэрбэттэр, ирдэбиллэрэ олус үрдүк.

Саха сирэ бастакынан Дьоруой Ийэ статуһун олохтоото. Уонтан элбэх оҕону төрөппүт, ииппит ийэлэр бу бэлиэни ылалларыгар 1 мөлүйүөн солкуобайынан наҕараадаланыахтара. Кинилэргэ өссө дьиэ тутталларыгар, тиэхиньикэ ылалларыгар көмө оҥоһуллар. Оҕолор бары сокуоннай саастарын туола иликтэрэ (үөрэнэр, сулууспалыыр буоллахтарына, 23 саастарыгар диэри) учуоттанар. Дьиэ кэргэн Саха сиригэр кырата 15 сыл олорбут буолуохтаах.

Ону тэҥэ I, II, III степеннээх «Ийэ албан аата” бэлиэ балаһыанньата хат бигэргэтилиннэ. Бу бэлиэнэн сэттэ, аҕыс, тоҕус оҕолоох ийэлэр наҕараадаланаллар. Кинилэргэ 50, 75, 100 тыһыынча солк. суумалаах бириэмийэ олохтонно (урут 10 тыһ. солкуобайы ылар этилэр).

Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уонтан элбэх оҕону иитэр 464 дьиэ кэргэн олорор. 2000 сылтан бэттэх уон оҕону төрөппүт 72, сэттэттэн элбэх оҕолоох 1600-н тахса  ыал баар. Холобур, Мииринэйгэ олорор Винниченколар 9 төрөппүт, 18 иитэ ылбыт оҕолоохтор. Табаҕа бөһүөлэгэр олорор Белозеровтар саамай элбэх оҕону төрөппүт ыал: кинилэр 16 оҕолоохтор, 48 сиэннээхтэр, 12 хос сиэннээхтэр.

Элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр миэрэлэр дьиэ кэргэн көмүскэллээх, туруктаах буолуутугар, уопсастыбаҕа оруолун үрдэтэргэ, үйэлээх сыаннастары тарҕатарга туһуланаллар.

edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА