29 Кулун тутар 29.03
  • -11°
  • $ 92,26
  • 99,71

Дьокуускай –Аһыма айан суолугар харгыс суох

14:01, 22 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Суолу тутааччылар Бүлүүлүүр трасса 214 – 218 килэмиэтиригэр ардах кэмигэр алдьаммыт сири оҥордулар. Бу туһунан «Бүлүү» суолун управлениета СИАҕа иһитиннэрдэ.


Билигин Дьокуускай –Аһыма (Горнай) учаастагар айан харгыһа суох. Суолга суукканы быһа дьуһуурустуба олохтонно, массыына түһэр түбэлтэтигэр тиэхиньикэ соһуо, оҥоһулла сылдьар суолга таас үлтүркэйин, буор кутуохтара.

Санатар буоллахха, суол бу кэрчигэр аспаал кутулларыгар бэлэмнээн хапытаалынай үлэ бара турар. Аспаал бүрүөһүннээх трасса эһиил алтынньы бүтүүтүгэр бэлэм буолуохтаах.

«Бүлүү» суолун управлениета быстах күчүмэҕэйдэргэ нэһилиэнньэни өйдөбүллээхтик сыһыаннаһарыгар, суоппардары суол оҥоһулла сылдьар сирдэригэр болҕомтолоох буолалларыгар сүбэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА