19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

Дистанционнай үөрэх кэмигэр оҕолорго сыана туруорар уонна дьиэҕэ үлэ биэрэр наада дуо?

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дистанционнай үөрэх кэмигэр оҕолорго сыана туруорар уонна дьиэҕэ үлэ биэрэр наада дуо? Саха сирин үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Владимир Егоров социальнай ситимнэринэн быһа эфиргэ тахсан, нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар эппиэттээтэ, диэн СИА суруйар.


Саха сирин оскуолалара, сыстыганнаах дьаҥы тарҕаппат туһугар ылыллар миэрэлэргэ олоҕуран, дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ көспүттэрэ. Төрөппүттэр уонна учууталлар оҕоҕо сыана туруорар, дьиэҕэ үлэ биэрэр төһө оруннааҕын толкуйдууллар.

Instagram-ҥа миниистир Владимир Егоров эппитинэн, өскөтүн дистанционнай үөрэтии сүрүн үөрэх процеһыттан туох да уратыта суох ыытыллар буоллаҕына, учууталлар сыана туруорар бырааптаахтар, ол иһигэр «куһаҕан» сыананы эмиэ.

«Үөрэх дьылын түмүгүнэн оҕолор түмүктэрин истиэхтээхтэр, ол иһин сыананы туруоруохха сөп. Мин учууталлар оннуларыгар эбитим буоллар, билигин оҕолор уустук балаһыанньаҕа сылдьалларын учуоттуом уонна хас биирдиилэригэр сөптөөхтүк көрөн сыананы туруоруом этэ», — диэтэ миниистир.

Дьиэҕэ үлэни биэриигэ чуолкай регламент диэн суох, ити эрээри үөрэх министиэристибэтэ  дьиэҕэ үлэни олох даҕаны биэрбэти сүбэлиирин салайааччы иһитиннэрдэ.

«Үөрэх процеһа оффлайн ыытылларыгар, ханнык садаанньа уруок, ханныга дьиэҕэ үлэ буоларын араарага уустук. Педагогтарга туһаайан этиэм этэ — оҕону наһаа кыынньаабакка, хас биирдиилэригэр туспатык, айымньылаахтык сыһыаннаһан, садаанньалар интэриэһинэй буолалларын курдук үлэлииргитигэр, оҕо монитор иннигэр олорон сылайыа суохтаах», — миниистир коллегаларыгар туһаайан эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА