26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Чөл айылҕа аан дойдутааҕы фондата Саха сирин Ил Дарханын ыйааҕын биһирээтэ

15:46, 01 ноября 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыытыллыбатах айылҕа аан дойдутааҕы фондата өрөспүүбүлүкэ айылҕатын баайын харыстааһыҥҥа туһуламмыт Саха сирин Ил Дарханын ыйааҕын биһирээтэ.

“Биһиги үлэбитигэр саамай дьоһун суолталаах хайысха – бу айылҕа ураты харыстанар сирдэригэр кыһамньы, итилэри тэрийии уонна өйөөһүн, сэдэх көрүҥнэри харыстааһын, экологическай үөрэхтээһин уонна сырдатыы, — Арассыыйа WWF айылҕа харыстабылын бэлиитикэтигэр дириэктэрэ Евгений Шварц санаатын үллэһиннэ. – Арктикаҕа айылҕа баайын харыстааһыҥҥа уонна элбэтиигэ биһиги уруккуттан бииргэ үлэлиир Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата суох кыаллыбат. Таһаарыылаах бииргэ үлэбитин салгыахпыт диэн эрэнэбин”.

Быйыл Саха сирин бырабыыталыстыбата уонна Тыытыллыбатах айылҕа аан дойдутааҕы фондата бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэһии түһэристилэр. Ол курдук, 1993 с. Саха сирэ Айылҕа аан дойдутааҕы фондатын чилиэнэ буолбута, онтон 1997 с. “Тыыннаах Планета”  фонда хампаанньатын өйөөбүтэ уонна киһи-аймахха Ытык Кэрэ Сирдэри бэлэхтээбитэ. Аахсыйа  биһирэнэн, 40 тахса судаарыстыба Саха сирин холобурун батыспыта. Ити сыл Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин уонна  Арассыыйа WWF өйөбүлүнэн  WWF-Чоруода уонна “Кыталык” эркээйи сирдэр тэриллибиттэрэ.

Арассыыйа WWF уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырайыактарыттан биирдэстэринэн “Үрүҥ эһэ суолунан” бырайыак ситиһиилээхтик үлэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА