25 Муус устар 25.04
  • -3°
  • $ 92,51
  • 98,91

Булт лиссиэнсийэлэрин улуустарынан электроннай сэрэбиэй көмөтүнэн тыырыахтара

17:01, 03 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Улуустарынан түҥэтиллэр булт лиссиэнсийэлэрин инникитин электроннай сэрэбиэй көмөтүнэн тыырары былаанныыллар.


Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев социальнай ситимнэринэн быһа тахсыытын кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ ылыллыбыт булт сокуонунан лиссиэнсийэ 35%-на электроннай сэрэбиэйинэн, 35% оройуоннарынан, хаалбыт 30% — уочарата суох бөрөҕө бултуйааччыларга биһирэбил быһыытынан бэриллэрин эттэ.

«Аҕыйах сыллааҕыта булчуттар Курашоваҕа уочараттаан лиссиэнсийэ ылаллара. Өйдөспөт быһыы, ордук-хос саҥа элбэх тахсааччы. Итини суох гынар туһуттан, дьоҥҥо биир тэҥ усулуобуйаны тэрийэр сыалтан сэрэбиэй олохтоммута. Лиссиэнсийэ 35% электроннай сэрэбиэйгэ тыырыллар», — диир Афанасьев.

Сэрэбиэйи «ВИС охота» диэн анал сертифицированнай систиэмэ ыытар. Кини үлэтигэр туораттан кыттыһар кыах суох.

«Быйыл электроннай сэрэбиэйинэн элбэх киһи лиссиэнсийэ ылла. Сүүйэн баран, кэлэн ылбатах, хаалан хаалбыт лиссиэнсийэлэргэ хос сэрэбиэй эмиэ ыытыллыбыта. Онтон хаалбыт лиссиэнсийэлэри (35%) өрөспүүбүлүкэ 36 айылҕа харыстабылын инспекцияларынан түҥэтэбит. Билигин итилэр эмиэ электроннай сэрэбиэйинэн бэриллэллэригэр үлэлэһэбит», — диэтэ миниистир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА