29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

"Больничнай" төлөбүрүн кээмэйин хат көрдүлэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Коронавирус тарҕаммытынан, «больничнайга» төлөбүр хамнас алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах. Туһааннаах сокуон барыла Госдуумаҕа кулун тутар 31 күнүгэр бүтэһик ааҕыыга ылылынна. 


Сокуон этэринэн, быстах кэмҥэ ыарыынан сибээстээн үлэлээбэккэ олорууга босуобуйа биир толору ыйга федеральнайдааҕы сокуонунан ылыллыбыт хамнас алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах. 

Маны сэргэ, сокуон МРОТ-тан көрөн оройуоннааҕы коэффициены учуоттуура ыйыллар.

Быстах кэмҥэ ыарыынан үлэлээбэккэ олорууга босуобуйа кээмэйэ 2020 сыл муус устар 1 — ахсынньы 31 күннэригэр дьайар. 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА