29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Биэс уонна онтон элбэх оҕолоох 100-тэн тахса ыал быйыл саҥа дьиэлэниэ

16:43, 12 августа 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Биэс уонна онтон элбэх оҕолоох 100-тэн тахса ыал быйыл саҥа дьиэлэниэ. Өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан урукку дьыллардааҕар хас да бүк элбэх – 350 мөлүйүөн солкуобай тыырылынна. Манна тиксибит элбэх оҕолоох ыал кыбартыыра атыылаһыан эбэтэр дьиэ туттуон сөп.


Оттон социальнай төлөбүр суумата дьиэ кэргэҥҥэ төһө киһи баарыттан тутулуктаах, ортотунан 2,5 мөлүйүөнтэн 5 мөлүйүөн солкуобайга диэри халбаҥныыр.

“Биһиэхэ, элбэх оҕолоох тыа ыалыгар, олус улахан көмө. Биһиги 3 мөлүйүөн 100 тыһыынча солкуобайдаах сертификаты ылбыппыт. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлүтүгэр олоробут, гаастаах чааһынай дьиэлээхпит. Быйыл Төҥүлүттэн биэс ыал маннык сертификаты ыллыбыт”, – диэн алта оҕолоох ыал ийэтэ Марианна Шаринакэпсээтэ.

Источник: http://nvk-online.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА