Биэнсийэлээхтэр босхо дуобаттыахтарын сөп

Биэнсийэлээх дьон балаҕан ыйын 3 күнүттэн Дьокуускай куорат Саахымат уонна дуобат киинигэр босхо дьарыктаныахтарын уонна оонньуохтарын сөп буолла.


Бу туһунан бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна массабай спорка бырабылыанньатын салайааччыта Николай Цыпандин уонна “Сахамедиа” генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков докумуоҥҥа илии баттастылар. Бу докумуон “Көхтөөх уһун үҋэлэнии” диэн бырайыак чэрчитинэн олоххо киириэҕэ.

“Бэтэрээннэр уопуттара эдэр көлүөнэ дьоҥҥо бэриллэн иһиэхтээх, ыччат эһигини холобур оҥостуохтаах диэн биһиги чуолкайдык өйдүүбүт. Холдинг таһаарар хаһыаттарыгар, саайтарыгар эһиги тускутунан хайаан да суруйуохпут, бииргэ үлэлэһиэхпит” , — диэн эттэ Алексей Чертков.   

Афанасий НОЕВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

This post was published on 22.08.2018 16:42 16:42