Биэнсийэҕэ тахсар саас уһуон сөп

Соторутааҕыта биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатар туһунан сокуон бырайыага оҥоһулла сылдьарын туһунан сурахтар кэллилэр. Кириисис кэмигэр бу боппуруос эмиэ күөрэйэн кэллэ.

Ол эрээри, тыала суохха мас хамсаабат. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев бу туһунан «Россия 1» ханаалга интервьютугар аһаҕастык эттэ. Ол этэринэн, билигин экспертиза оҥоһулла сылдьар, судаарыстыба сокуону уларытарга бэлэм.

Судаарыстыба итинник быһаарыыны ылынарга күһэллэр. Ити боппуруос көтөҕүллүбүтэ ыраатта. Ол эрээри, биэнсийэ систиэмэтин ыспат уонна дьону аймаабат курдук, сэрэнэн соҕус быһаарыыны ылыныахпытын наада. Билиҥҥи биэнсийэҕэ тахсыы сааһа ааспыт үйэ 30-с сылларыгар ылыллыбыта, ол саҕана дьон орто сааһа 40 сыл этэ. Билигин балаһыанньа уларыйда, — диэн премьер этэр.

Биэнсийэлээх ахсаана элбээтэ

Билигин Арассыыйаҕа эр дьон 60, дьахталлар 55 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсаллар. Саха сиригэр: эр дьон — 55, дьахталлар — 50 саастарыгар. Киһи орто сааһа үрдээн, биэнсийэлээх ахсаана үлэһит дьон ахсаанын куоһаран эрэр. Биир биэнсийэлээххэ 1,3 үлэһит тиксэр. Кэнники 35 сыл иһигэр биэнсийэлээх ахсаана 24 мөлүйүөнтэн 43 мөлүйүөҥҥэ диэри элбээтэ. Оттон үлэһит ахсаана 5 бырыһыан эрэ эбилиннэ. Сэрии кэнниттэн олох тупсан, элбэх оҕо төрөөбүтэ. Билигин кинилэр биэнсийэҕэ тахсан олороллор. Оттон 90-с сылларга оҕо төрөөһүнэ аҕыйаабыта, бу саамай үлэлиир-хамсыыр саастаах дьон.

Билигин Биэнсийэ пуондата урукку мунньуллубут усунуостартан буолбакка, үлэлиир дьон биэрэр усунуостарыттан биэнсийэлэри төлүү олорор. Ол үрдүнэн иэһэ улаата турар. Иэһи саба тутар туһуттан, бүддьүөттэн үтүмэн үп-харчы наада. Оттон биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһаттахтарына, сылга 300 млрд.солк. кэмчилиэхтэрин сөп.

Кудрин барыла

Алексей Кудрин (урукку үп миниистирэ) салайааччылаах Стратегическай ырытыылар кииннэрэ биэнсийэҕэ тахсар сааһы сыыйа-баайа уһатан, 2034 сылга дьахталлар 63, эр дьон 65 саастарыгар (бу Арассыыйаҕа) тахсалларын ситиһэр туһунан барыл докумуону оҥорбут. Бу уһаабыт хас биэс сыл аайы биэнсийэ суумата үрдээн иһиэхтээх. Оччоҕуна, кырдьар саастарыгар быдан үрдүк биэнсийэни ылыахтаахтар үһү. Бу докумуоҥҥа этиллэринэн, 2024 сылга биэнсийэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн икки-үс төгүл үрдүөхтээх.

Кудрин 2020 сылтан биэнсийэҕэ тахсар сааһы сыыйа үрдэтэргэ этии киллэрэр.

Омуктарга хайдаҕый?

Омук сирдэригэр биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһаппыттара ырааппыт эбит. Онон Арассыыйаҕа, Украинаҕа, Узбекистаҥҥа эрэ эрдэ тахсаллар. Белоруссия 2017 сылтан дьахталларга 58, эр дьоҥҥо 63 саастарыгар диэри уһатан эрэр.

Европаҕа ити уларытыы кэмигэр мөлүйүөнүнэн дьон собостуопкалыыллар этэ. Ону тэҥэ ол кэмчилээбит харчыларын миграннарга босуобуйа биэрэн, эмиэ айдаан тахсара. Кириисис дьайан, арҕааҥы дойдуларга биэнсийэ систиэмэтэ син биир “хаадьаҥныы турар”. Саамай “кырдьаҕас” биэнсийэлээхтэр Японияҕа (70) уонна Албанияҕа (69) бааллар. Оттон Данияҕа уонна Германияҕа дьахталлар уонна эр дьон 67 саастарыгар тахсаллар.

Японияҕа 60 саастарыгар да тахсыахтарын сөп, оччотугар биэнсийэ 25%-нынан көҕүрүүр. 70 саастарыгар таҕыстахтарына, суумата 800-1000 долларга тэҥнэһэр. Орто саастара – 80-85 сыл.

Күлүк өттө

Биллэн турар, бу миэрэни үгүс дьон утарар. Маныаха барыта баҕарбыт курдук үүт-тураан буолбата биллэр. Холобур, дьахтар ортотунан 30-32 сыл үлэлиир, 24 сыл кэриҥэ биэнсийэтин ылар. Эр киһи 35-38 сыл үлэлиир, 13-14 сыл биэнсийэтин ылар (бу – Арассыыйаҕа). Эр дьон олохторун уһуна кылгас, 40%-ра биэнсийэ сааһыгар тиийбэттэр. Онон биэнсийэҕэ тахсар сааһы үрдэттэххэ, үгүстэр кырдьар, ыалдьар саастарыгар айахтарын булунар, үлэлиир түбүгэр сылдьан, доруобуйалара өссө айгырыан сөп.

Ону тэҥэ, билигин 50 сааһын ааспыт киһи үлэ булара уустуктардаах. Онон сорохтор үлэтэ да, биэнсийэтэ да суох хаалан хаалыахтарын сөп.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 

This post was published on 03.05.2018 17:30 17:30