25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Баппаҕаайылар муҥхалаатылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт өрөбүлгэ Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгин олохтоохторо Арыылаах Эбэҕэ муҥхалаатылар. Дьаһалта баһылыга Егор Николаев көҕүлээтэ, Анатолий Николаев тэрийдэ. 


Баппаҕаайы муҥхаһыттара бары биирдии солуур бөдөҥ соболоох тарҕастылар, ордубутун бэтэрээннэргэ биэрэргэ быһаардылар.

Эбэлэрин сибиэһэй соботун амсайан, кырдьаҕастар барахсаттар баһылыктарыгар улаханнык махтаннылар. Муҥхаҕа сылдьыбыт ыччат маннык тэрээһиннэр дьону сомоҕолуур, оҕолору төрүт үгэспитигэр үөрэтэр эбиттэр диэн түмүк оҥоһуннулар.

Сиэрдээх дьаһаллаах салалта үлэтигэр ситиһиилэри, нэһилиэк дьонугар түмсүүлээх буоларга баҕардылар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА