24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Захар Винокуров «Россия үтүөлээх пиэрмэрэ» буолла

12:01, 20 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Россия үтүөлээх пиэрмэрэ» ааты уонна мэтээли Саха сирин бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга Захар Винокуровка Москва куоракка АККОР президиэнэ Владимир Плотников бааһынай хаһаайыстыбалар уонна кээпэрэтииптэр ХХХII съездтэрин кэмигэр туттарда, «Сахаагроплем» пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.


1996 сыл муус устарыгар тэриллибит сибиинньэ иитэр хаһаайыстыба өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр. Салайааччыта Захар Винокуров. Хаһаайыстыбаҕа 156 сүөһү, онтон 101-рэ ыанар ынах, 146 сибиинньэ баар. Уопуттаах бэтэринээр, сиэмэлээһин ньыматын баһылаабыт Захар Васильевич ынахтара сылы эргиччи үүт биэрэллэр. Бу эйгэҕэ үлэлээбитэ 38 сыл буолла. 2020 сыл түмүгүнэн, үүтү оҥорон таһаарыы 1890 ц., эт 227 ц.

Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр элбэх күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара: 2000 сыллаахха — «Лучшее фермерское хозяйство Республики Саха (Якутия)», 2012 сыллаахха — «Лучшая КФХ по надою молока по Республике Саха (Якутия)» призер, 2011 — 2015 кини «Дөһөгөйө» улууска, нэһилиэгэр бастыҥ. «Семейная животноводческая ферма-2015» грант кыайыылааҕа. Биэстэн тахса сыл Захар Васильевич оҕуруот аһын олордууга дьиэ кэргэнинэн кыттыбыта.

Сиһилии https://ysia.ru/glava-krestyansko-fermerskogo-hozyajstva-d-g-j-iz-sela-appany-yakutii-zahar-vinokurov-udostoen-zvaniya-zasluzhennyj-fermer-rossii/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА