«Бүлүү» федеральнай суолга хааччахтааһын олохтонуоҕа

«Бүлүү» федеральнай суол Таас Үрэх – Верхнемарково (Иркутскай уобалас) учаастага муус устар 1 күнүттэн сабыллыахтаах. Бу туһунан «Бүлүү» федеральнай суол управлениета иһитиннэрдэ.


Муус устар 1 күнүттэн массыынанан өрүһү туоруур сирдэргэ, ол иһигэр Үөһээ Бүлүү (660 км), Дьаархан (752 км), Күндээдэ (807 км), Устье (956 км), Кириэстээх (1049 км) аннынан Бүлүү, Марха өрүстэри туорааһыҥҥа сыыйа хааччахтааһын олохтонуохтаах.

Бу хайысхаларынан уонна Дьокуускай – Аллараа Бэстээх учаастагынан, барыллааһын быһыытынан, суол муус устар 15 күнүгэр сабыллыахтаах.

This post was published on 06.03.2018 17:15 17:15