«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VI-с спортивнай оонньуу үөрүүлээх аһыллыытын уонна күрэхтэһиилэри «Саха» НКИК уонна «Саха 24» ханаалларыгар эрэ буолбакка, «Матч ТВ», «Матч Планета» «Матч – Наш спорт» федеральнай телеханаалларга көрдөрүөхтэрэ. Ити туһунан «Матч» холдинг продюсера Дмитрий Ястребов эттэ.
Федеральнай ханааллар Россияҕа,» тутулуга суох дойдуларга Оонньуулары быһа эфиргэ таһаарыахтара.
Ону таһынан күрэхтэһиилэри nvk-online.ru уонна sportbox.ru. порталларга көрүөххэ сөп.