Аммаҕа маҕаһыын кэлэктиибэ 4000 куулга бурдук кутта

Аммаҕа бу күннэргэ бурдук хомуура бүтэн, аны үүнүүнү харайыы күүскэ турар. Саамай элбэх бурдуктаах «Амма» ААУо-ҕа олохтоох тэрилтэлэр график быһытынан көмөҕө тахсан үлэлииллэр.


Аммаҕа бурдугу харайыыга күргүөмнээх үлэ барар. Ольга Федотова сэбиэдиссэйдээх «Деталь» тиэхиньикэ сапчааһын маҕаһыынын кэлэктиибэ хас да күн устата бурдугу кууллааһыҥҥа үлэлээтэ.

Дьоҕус тэрилтэ сарсыарда 9 чаастан киэһэ 6 чааска диэри дьаныардаахтык үлэлээн, күҥҥэ ортотунан 600-800 куулга бурдугу кутар. Өрөбүл күннэри ааҕан туран,  уопсайа 4000-ча кэриҥэ куулу тааралаата.

Аммаҕа хомуур үлэтиттэн ким да туора туран хаалбакка, үүнүүнү харайыыга күннэтэ көхтөөх үлэ барар.

Ааптар: Наталья Бубякина

This post was published on 01.10.2018 17:04 17:04