26 Муус устар 26.04
  • -2°
  • $ 92,13
  • 98,71

Аллараа Бытантай кырдьаҕаһа 90 сааһынан эҕэрдэ тутта

11:13, 01 ноября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аллараа Бытантай олохтооҕо, үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, улахан дьиэ кэргэн иһирэх ийэтэ, хос-хос эбэ Горохова Любовь Ивановна 90 сааһын туолла. 


Аллараа Бытантай нэһилиэгин олохтооҕо, 90-с хаарын үктээбит ытык-мааны Любовь Ивановна Горохова олох-дьаһах хаамыытын хаһыаты ааҕан, телевизоры көрөн билэ олорор.

«90 саас эттэххэ дөбөҥ. Бу орто дойдуга киһи төрөөн-үөскээн, олох олорон, тахсыыны-түһүүнү барытын эт хаанынан билэн, тулуйан, үөрүү-көтүү аргыстаах олороро дьол буоллаҕа. Эҕэрдэлии тиийэрбитигэр биһиги ытык-мааны кырдьаҕаспыт тапталлаах «Бытантай уоттара» хаһыатын туппутунан олороро. Барытын билэ-көрө олоробун, хат хат ааҕабын», — диэн сэһэргии көрсүбүтүн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Тамара Шадрина кэпсиир.

Олохтоох дьаһалта баһылыга Константин Старостин, баһылык солбуйааччыта Надежда Старостина, социальнай үлэһит Тамара Шадрина ытык кырдьаҕаһы дьоһун түгэнинэн эҕэрдэлээтилэр.

«Эн бэйэҥ күүскүн, өйгүн-санааҕын ууран, дьонум-сэргэм туһа диэн колхуос, сопхуос күүрэннээх кэмнэригэр үтүө суобастаахтык үлэлээбит үтүөлэриҥ иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит! Баҕарабыт эйиэхэ, ытык мааны кырдьаҕаспытыгар чэгиэн доруобуйаны, үгүс үөрүүлээх, дьоллоох-соргулаах уһун үйэни, нус-хас байылыат олоҕу, этэҥҥэ буолууну!», — диэн эҕэрдэлээтилэр.

Ааптар: «Бытантай уоттара» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА