29 Кулун тутар 29.03
  • -11°
  • $ 92,26
  • 99,71

Александр Уаров Кэбээйигэ Хонтуруоллуур кэмитиэт мунньаҕын ыытта

09:00, 17 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 11 күнүгэр Сангаарга Александр Уаров бэрэссээдэтэллээх Ил Түмэн Хонтуруоллуур кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕа буолан ааста.

Парламентарийдар Кэбээйи улууһугар “Автомобильнай суоллар уонна СӨ суолларын үлэтин туһунан” сокуон төһө үлэлиирин, туолан иһэрин хонтуруоллаатылар. Мунньахха Хонтуруоллуур кэмитиэт чилиэннэрэ, Ил Түмэн депутаттара Дмитрий Саввин, Александр Сусоев, Жанна Егорова, Юрий Михайлов, СӨ транспорга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччыта Сергей Владимиров, СӨ үп миниистирин солбуйааччыта Павел Багынанов, “СӨ массыына суолларын управлениета” ГКУ бэрэстэбиитэллэрэ, Кэбээйи улууһун баһылыга Игнат Спиридонов, нэһилиэктэр баһылыктара, улуус дьаһалтатын, тэрилтэлэрин салайааччылара уонна эппиэттээх үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.

 Икки сыллааҕыта Хонтуруоллуур кэмитиэт көһө сылдьар мунньаҕа Таатта улууһугар ыытыллан турар, онно баара-суоҕа үс нэһилиэккэ суол суоҕун проблемата көрүллүбүтэ. Оттон Кэбээйи улууһун 12 нэһилиэгэ барыта суоллара суох, сайынын нэһилиэктэр икки ардыларыгар сиринэн сылдьыһыы олох да уурайарыгар тиийэр. Онон чахчы улуус тыын боппуруоһун таарыйар мунньах буолла.

Кэпсэтии аан бастаан улуус сүрүн суола “Бэс Күөл — Кэбээйи” хаһан тутуллан бүтүөҕүттэн саҕаланна. Суол миниистрин солбуйааччыта Сергей Владимиров иһитиннэрбитинэн, тутуу икки өттүттэн бара турар. Күн бүгүн Дьокуускайы кытта Кэбээйини ситимниир суолга 51,9 км усталаах учаастак оҥоһулла илик, Бэс-Күөлгэ диэри кутулла илик 15 км хаалан турар, ол 2017 сылга бүтүөхтээх. Кэбээйи өттүттэн Түгэнэ үрэххэ диэри суол оҥоһуллан 2018 с. кэлиэхтээх. 2018 с. Түгэнэни туоруур 135,5 погоннай миэтир уһуннаах муоста оҥоһуллуохтаах. Ааспыт сылга Ил Дархан Анал этиитигэр “Кэбээйи” суола тутуллуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ, быйыл саас Кэбээйигэ кэлэ сылдьан ону эмиэ бигэргэтэн барбыта. Онон суолу 2022 сылга буолбакка, 2020 сылга бүтэрэрдии сыалланан-соруктанан үлэлии сылдьаллар.

Ол гынан баран 2020 сылга диэри түөрт сыл баар. Онуоха диэри 3 тыһ. нэһилиэнньэлээх Кэбээйи нэһилиэгин дьоно хайдах олоробут диэн нэһилиэк баһылыга И.П.Кобяков транспорт миниистирин солбуйааччытыгар быһаччы ыйытыыны туруорда. “Быйылгы халаан уута “Кэбээйи” суолун икки сиринэн суурайда, онон сылдьыһыы самолетунан эрэр кыаллар буолан турар. Аны урукку курдук АН-2 көппөт, түөрт киһини ылар “Пилатус” көтөр. “Ыарыһахтары да ыытар кыахпыт суох, сотору үөрэххэ туттарсар абитуриеннар, дьиэлэригэр сынньана кэлэр устудьуоннар айанныахтара, оччоҕо хайдах буолабыт. Дьон-сэргэ олус уһуннук тутуллар суолу кэтэһэртэн сылайда,” — диэтэ баһылык. Эппиэт 2020 сылынан тутуллан бүтүө диэнтэн ырааппата. Александр Уаров бюджеты хаттаан көрүү кэмигэр депутаттаргыт А.А.Ноговицын уонна Ю.П.Михайлов туруорсаннар, 50 мөл. солк. эбии көрдүбүт диэн эттэ.

“Батамай-Сиэгэн Күөл-Сэбээн Күөл-Суордаах-Дулҕалаах” суолу “Прогноз” САУо көмүсчүттэрэ ыарахан уйуктаах вездеходтарынан тоҕута кэстэрэн алдьаталларын Сиэгэн Күөл баһылыга Максим Алексеев абаран туран иһитиннэрдэ. Маннык массыыналар кыһыҥҥы суол сабыллыбытын кэннэ сааскы-сайыҥҥы кэмҥэ айаннаан, 1,5 миэтир дириҥнээх хаһыылары оҥорон, олохтоох нэһилиэнньэ кыайан айаннаабат балаһыанньатыгар тиэрдэллэр эбит. Дэлэҕэ да, бу саас үлтү хаһыллыбыт суолунан айанныыр кыаҕа суох буолан, күөлүнэн барабын диэн массыына ууга түһүө дуо? Өрөспүүбүлүкэ көрөр-харайар суола буолан, олохтоох дьаһалта бопсуутун хоҥорууларыгар да хоҥнорботтор. Дьиҥэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта суолу көрүү-харайыы ороскуотун аҥар-аҥарга төлөһөр дуогабардаахтар да, билиҥҥитэ туох да хамсааһын суох. Кыһыл тылларынан эрэннэрэллэр эрэ. Бу суолунан кыһыл көмүс саппааһын чинчийэ сылдьар “Янгеология” дьоно эмиэ туһаналлар. Бу суолу өрөспүүбүлүкэ олохтоох нэһилиэнньэҕэ анаан үбү тыыран тутар, онон алдьатар буоллахтарына ботуччу ыстараап түһэриэххэ наада диэн Хонтуруоллуур кэмитиэт чилиэннэрэ эттилэр.

“Хампа-Сайылык-Арыылаах-Мастаах-Лүксүгүн-Кэбээйи” суолунан сайынын улахан кураан кэмҥэ эрэ айанныыгын. Бу докумуоҥҥа киирбитинэн кыһыҥҥы суол, онон сайыҥҥы кэмҥэ өрөмүөннүүргэ үп көрүллүбэтин кэриэтэ. Онон сайыҥҥы өттүгэр үп эмиэ көрүллүөн наада, хас да нэһилиэк дьоно бу суолунан туһаналлар диэн 2-с Лүүчүн нэһилиэгин баһылыга Аркадий Гурьев туруоруста. Ону от ыйыгар үбүлээһини хаттаан көрүүгэ бу боппуруоһу көрүөхпүт диэн миниистир солбуйааччыта тылынан эрэннэрдэ.

Арыктаах уонна Чагда суоллара Лүүчүн суолугар киирэн биэрэллэрин быһыытынан муниципальнай көрүүгэ-харайыыга сыһыарыллан тураллар. Ааспыт сылга туох да көрөр-истэр үлэ ыытыллыбата диэн Ньидьили нэһилиэгин баһылыга Василий Павлов иһитиннэрдэ. Бу нэһилиэктэр суолларын улуус бэйэтин суолун фондатыттан үбүлээн көрөрө-истэрэ ордугун, ол инниттэн суол фондатыгар анал үп угуллуон наада диэн депутат Юрий Михайлов быһаарда.

Туспа кэпсэтии муосталары тутуу тула барда. Сииттэҕэ ааспыт кыһын саҥа муоста тутуллан киирбитэ. Ол эрээри быйылгы халаан уута муостаҕа киирэр 30 м усталаах сири суурайан, муосталарын көрөн эрэ олорбуттар. Бу суурайбыт сирин сииттэлэр бэйэлэрин күүстэринэн чөлүгэр түһэрбиттэр. Мукучу нэһилиэгин баһылыга Анна Сысоева Танара үрэххэ туруоруллубут понтоннай муостаҕа эбии 2-3 звено наадатын, кылгас буолан уу кэлэн турдаҕына дьон кыайан айаннаабатын эттэ. Уопсайынан, Лүүчүн суолугар хас да муоста тутулларын, өрөмүөннэнэрэ наадатын ыйдылар. Сиэгэҥҥэ Харинка үрэҕи туоруур муоста өрөмүөннэнэрэ, Бөргөлөөх үрэххэ эмиэ муоста тутуллара наадатын эттилэр.

Мунньахха сөмөлүөт билиэтин сыанатын тула биир туспа кэпсэтии буолла. Тыыл бэтэрээнэ Никифор Терехов Сангаартан Маҕаҥҥа диэри тоҕо 15 тыһ. солкуобайый, быдан ыраах сытар Сунтаарга диэри тоҕо 11 тыһ. солкуобайый диэн ыйытта. Онно Александр Уаров Сунтаарга пассажир элбэх буолан хас да авиакомпания сөмөлүөтэ көтөр, онон күрэстэһии баар буолан билиэт чэпчэки, Сангаарга көтөр киһи аҕыйаҕынан билиэт сыаната ыарахан диэн быһаарда. Кэбээйи нэһилиэгин баһылыга Кэбээйи курдук улахан нэһилиэккэ “Пилатус” табыгаһа суоҕун, билиэти 7-8 тыһ.солк. диэри түһэрэн баран, куруук көтөр АН-2 сөмөлүөтү биэриҥ диэн туруоруста. Суола суох улуус буоларгыт быһыытынан билиэт сыанатын намтатарга Александр Уаров депутаттаргытын кытта бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрдэ. Оттон улуус баһылыга Игнат Спиридонов итиннэ үлэ ыытылларын, Транспорт министиэристибэтэ Кэбээйи улууһугар “Пилатус” сөмөлүөтү, икки вездеходу, катеры биэрбитин эттэ. “Пилатус” сөмөлүөт Маҕаҥҥа диэри 40 л бензининэн көтөрүн, оттон АН-2 сөмөлүөт 400 литрэни “сиэн” тиийэрин холобур быһыытынан аҕалла. Уонна көтөрө түргэнинэн Мукучуга диэри күҥҥэ икки рейси оҥоруон сөп диэтэ.

Ол эрээри, Хонтуруоллуур кэмитиэт чилиэннэрэ итиннэ туспа көрүүлээхтэрин көрдөрдүлэр. Жанна Егорова Транспорт министиэристибэтигэр, 2020 с. диэри бу улуус дьонун транспорт ханнык көрүҥүнэн хааччыйар былааннааххытый диэн быһаччы ыйытыыны туруорда. Тоҕо “Прогноз” САУо “Автомобильнай суоллар тустарынан” СӨ сокуонун 36-37 №-дээх ыстатыйаларын билиммэтин, кэтээн көрөр уорганнар итини тоҕо хонтуруолга ылбаттарын, Сэбээн Күөлгэ диэри аара тоҕо биир да автозаправка суоҕун ыйытта. Александр Сусоев Түгэнэ үрэҕи туоруур муоста 2018 сылга саҕаланан баран, хаһыс сылга бүтүөхтээҕэ чуолкай этиллиэхтээх диэн туруоруста. Оттон Дмитрий Саввин тоҕо баччааҥҥа диэри Кэбээйи улууһун 12 нэһилиэгэ суола суох олороллоругар, ханнык да ирдэбилгэ эппиэттээбэт Сангаар бөһүөлэгин суолларыгар болҕомто ууруллубатаҕын ыйытта. “Кэбээйи” суолун 2020 сылга диэри бүтэриини Ил Дархан этиитигэр эрэ сигэммэккэ, үбүлэниитэ сылларынан чуолкай ыйыллыбыт буолуохтаах диэтэ. “Ракета” өрүс ортотугар пассажирдары түһэрэрэ эмиэ хайдах да өйгө баппат дьыала буоларын, Транспорт министиэристибэтэ пассажирдары көрөр-истэр эбээһинэстээҕин, бу мунньахха этиллибити барытын хонтуруолга ылан олорон толоруохтааҕын санатта. Итиннэ Сергей Владимиров “Кэбээйи” суола 2020 сылга чуолкай бүтүөхтээҕин, Сангаар бөһүөлэгин икки уулуссатын асфальтааһын бу сайын саҕаланыахтааҕын, автозаправканан “Саханефтегазсбыт” ААУо дьарыктанарын, көҥүл ыллахтарына транспорт министиэристибэтэ да дьарыктаныан сөбүн эттэ.

Көһө сылдьар мунньах түмүгүнэн “2015-2022 сс. СӨ транспортнай комплексын сайыннарыы” СӨ Судаарыстыбаннай бырагырааматын хаттаан көрүүгэ Транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр суолга сыһыаннаах маннык боппуруостар киирдилэр: Кэбээйи-Арҕас учаастагар Хатыҥ Үрэххэ муостаны тутуу; Сайылык-Мастаах учаастагар Хандыы, Баппаҕай үрэхтэрин туоруур муосталары тутуу; Лүүчүн суолугар Дьороҥ, Арҕаа Үрэх, Хаптаһыннаах үрэхтэри туоруур муосталарга хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы; 2017 сылга Кальвица саҥа бөһүөлэгэр уулуссалары салгыы оҥоруу; Маҕантан Кэбээйи улууһун нэһилиэктэригэр көтөр авиарейстэргэ билиэт сыанатын чэпчэтиини көрүү. Бу суолталаах кэпсэтии хайдах толоруллан иһэрин хонтуруоллуур сыалтан аны күһүн сэтинньигэ Сангаарга эмиэ кэлиэх буолан тарҕастылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА