20 Муус устар 20.04
  • $ 93,44
  • 99,58

Айсен Николаев Саха сиригэр Сбербаан тиһигин үлэтин ньыматын уларытарга этии киллэрдэ

10:21, 17 октября 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин нэһилиэнньэтигэр баан өҥөтүнэн туһаныы уонна бииргэ үлэлээһиҥҥэ анаммыт боппуруостары Саха сирин баһылыга Айсен Николаев

“Сбербаан” ПАУо Байкаллааҕы баанын бэрэссэдээтэлин кытта алтынньы 15 күнүгэр көрсүһүүтүгэр дьүүллэстэ.

Кэпсэтии  баан нэһилиэнньэҕэ оҥорор өҥөтүн тула барда. Чуолаан, тэйиччи сытар уонна уустук-суоллаах иистээх нэһилиэктэр олохтоохторун хааччыйыыга. Саха сирин олохтоохторо бааннар уонна банкоматтар салаалара сабыллыыларын, офистар үлэлиир бириэмэлэрэ кылгаһын үҥсэргииллэр. Банкоматтары үксүн ороскуот сабыллар кыахтаах сирдэригэр, чуолаан, оройуон кииннэригэр уонна куораттарга эрэ туруораллара баар суол.

Айсен Николаев Саха сирин тыйыс усулуобуйатын уратытын учуоттаан, баан тиһигин үлэтэ атыннык тэриллэн ыытыллара наадатын бэлиэтээтэ. “Саха сирин нэһилиэнньэтэ эрэйи көрсүө суохтаах. Кытыы сэлиэнньэлэр олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ киин куоратын курдук өҥөнү ылыахтаахтар”, — диэтэ Саха сирин баһылыга.

Александр Абрамкин Арассыыйаҕа Сбербаан үп тиһигэр сүрүн оруоллааҕынан сибээстээн, хааччыйыыны тупсарыахтаах диэн бэлиэтээтэ. Абрамкин этэринэн, уустук суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ cash-out тиһигинэн туһаныахха, уу харчыны маҕаһыыннартан уонна урбаанньыттартан ылыахха сөп. Бу ньыма билигин туһанылла сылдьар федеральнай сокуоннаска сөп түбэһэр, — диэтэ кини.

Цифровизацияны олоххо киллэриини учуоттаан, Айсен Николаев Саха сиригэр баан тиһигин үлэтин ньыматын уларытарга уонна уу харчыта суох көрүҥүнэн ыраахтан өҥөнү оҥорорго этии киллэрдэ. Кини санаатынан, баан суох сиригэр баан ыраахтан олорон хааччыйар көрүҥүн туһаныахха сөп. Нэһилиэнньэни харчыта суох аахсарга үөрэтиэххэ. Ону сэргэ интэриниэт сибээһин хаачыстыбатын тэҥинэн тупсарыы ирдэнэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА