29 Кулун тутар 29.03
  • -15°
  • $ 92,26
  • 99,71

Айсен Николаев: мындыр өй, сонун көрүү наада

18:03, 15 августа 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
«Саҥа экэниэмикэ» диэн төрдүс дискуссионнай былаһааккаҕа: “Экэниэмикэ үгэскэ кубулуйбут эйгэлэрин сэргэ, киһи өйүн, мындырын сайыннарар креативнай экономикаҕа туһуламмыт бырайыактар өйөнүллүөхтээхтэр”, — диэн иһитиннэрдэ Ил Дархан э.т. Айсен Николаев.

Киһи хапытаалын сайыннарыы

Дискуссионнай былаһааккаҕа биир сүрүн миэстэни киһи хапытаалын сайыннарыы ылла. Ол аата, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыы, дохуоттаах буолуутун хааччыйыы, кини үлэлииригэр, айарыгар-тутарыгар, сайдарыгар бары кыаҕы биэрии. Өскөтүн биһиги сиртэн хостонор баайбытын атыылаан, туһаҕа таһааран, бүддьүөппүтүн хаҥатан, хамнастанар, оскуолалары, оҕо саадтарын, балыыһалары, суолу-ииһи тутар ­буоллахпытына, саҥаны-сонуну айан таһааран экэниэмикэ эйгэлэрин сайыннаран биэриэхпитин сөп. Ити билигин сонуннук “креативнай экономика” диэн ааттанар. Онуоха айти-технологияны, мындыр өйү сайыннарыы, талааннаах дьону таһаарыы улахан оруоллаах.
Айсен Николаев этэринэн, экэниэмикэ бары хайысхата сайдарын сэргэ, киһи саҥаны-сонуну айыыта, хас биирдии киһи талаанын арыйыыта эмиэ тэҥҥэ сайдан иһиэхтээх. Онуоха өрөспүүбүлүкэҕэ анал пуонда тэрийэр тоҕоостоох. Бу пуонда, бастатан туран, айти-хампаанньалары, олохтоох оҥорон таһаарыыны үбүлүөхтээх. Холобур, дискуссионнай былаһаакка кэмигэр сахалыы киинэ, туризм хайысхалара элбэхтэ ахтылыннылар.
“Биһиэхэ талааннаах, мындыр өйдөөх дьонноохпут-сэргэлээхпит. Ол биһиги баайбыт. Билигин биһиги саҥа таһымҥа тахсан цифровизацияны киллэриэхпитин наада. Ол да иһин айти-паарканы тутар, сайыннарар сөп. Биһиги бэйэбит оҥорон таһаарар бородууксуйаларбытынан туһанарбыт таһынан, итилэрбитин аан дойдуга таһаарыахтаахпыт. Онуоха исписэлиистэр ханна да барбакка, манна бэйэбитигэр олорон эрэ дьарыктаналларын айалларын-туталларын ситиһиэхтээхпит”,
— диэн бэлиэ­тиир Айсен Сергеевич.

Айти-технология

Билигин дойду үрдүнэн цифровой экэниэмикэни, айти-технологияны киллэрии бара турар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр аныгы үйэ саҥа технологиятын туһаныы доруобуйа харыстабылыгар балай да киирэн эрэр. Ону сэргэ, киһи олоҕун чэпчэтиигэ уонча сыл­лааҕыта Саха сиригэр Элбэх функциялаах кииннэр (билигин “Мин докумуоннарым” диэн ааттанар), судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорор сайт арыллан, түргэн-тарҕан интэ­риниэт ситимэ киирэн, нэһилиэнньэ докумуонун эккирэтиһиитэ быдан түргэтээтэ.
Билигин биһиэхэ айти-технология сайынна диир кыахтаахпыт дуо? Бу хайысхаҕа билигин биһиэхэ “MyTona”, “InDriver” хам­паанньалар үлэлэһэллэр. Кинилэр саҥа таһымҥа тахсан, билигин Саха сирин Арассыыйаҕа, аан дойдуга аатыртылар. Айти-технология сайдыытыгар улахан хамсааһыны тутулла турар “айти-паарка” таһаарыахтаах. Ол эрээри билигин манна үлэлэһэр анал исписэлиистэр суохтара, идэтийэн үөрэтии ыытыллыбата үлэни атахтыыр. Сибээс миниистирэ Анатолий Семенов бэлиэтииринэн, улуустарга саҥа технологиялары үөрэтии барыахтаах. Онуоха улуустарга түргэн-тарҕан интэриниэт ситимэ киирэрэ, оскуолаттан саҕалаан айти-технологияны үөрэтии барыахтааҕа улахан оруоллаах.
“Массыына оттуга суох барбатын кэриэтэ, бу эйгэ эмиэ үбүлэниэхтээх. Бырайыактары олоххо киллэрэргэ инвестицияны көрдөөһүн (ордук тас дойдуттан) оруола улахан. Киһи өйүн, талаанын сайыннарарыгар аналлаах сирдэр баар буолуохтаахтар. Холобур, коворкиннар, айти-пааркалар, о.д.а. Ону сэргэ, манна былаас дьоҥҥо-сэргэҕэ аһаҕас буолара наада. Холобур, билигин социальнай ситим биһиэхэ олус күүскэ сайдан турар. Салайааччылар онно үлэлэрин-хамнастарын төһө кэпсииллэрий? Төһөнөн элбэхтик социальнай ситим нөҥүө норуоту кытары кэпсэтэллэр да, оччонон дьон-сэргэ кини үлэтин билэр-көрөр”,
— диэн бэлиэтиир Анатолий Семенов.
Манна даҕатан эттэххэ, Саха сиригэр аҕыс айти-оскуо­ла үлэлиэхтээх. Дьокуус­кайга – 5, Бэрдьигэстээххэ – 2 уонна Аллараа Бэстээххэ, Өктөмҥө биир оскуола арыллыахтаахтар. Бу оскуолалар айти-технологияҕа анал бырагыраамалаах буолуохтара. Айти-оскуолалары төрүттээччи Алексей Илларионов бэлиэ­тииринэн, бу маннык бырагыраама оҥоһулуннаҕына аны үс-түөрт сылынан оскуола оҕолоро бэйэлэрэ толкуйдаан саҥа, сонун бырайыактары олоххо киллэрэр кыахтаныахтара.

Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА