29 Кулун тутар 29.03
  • -15°
  • $ 92,37
  • 99,53

Аармыйаттан "отсрочкаланыыга" эбии нуормалар киириэхтэрин сөп

10:02, 11 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хаан-уруу аймах бырааттарын, балтыларын ииттэ ылбыт дьон байыаннай сулууспаҕа ыҥырыыттан «отсрочкаланыахтарын» сөп. Ол туһунан Госдуума сокуон ылынна.


Байыаннай сулууспаҕа ыҥырыыттан быстах кэмҥэ босхолонуу өскөтүн призывник иитимдьилээх эбэтэр 16 сааһыгар диэри саастаах оҕолоох (ийэтэ суох буоллаҕына) эмиэ оҥоһуллар.

Сокуоҥҥа олоҕуран, ыҥырыыттан «дьиэ кэргэн балаһыанньатынан отсрочканы» ылаллар: соҕотох аҕалар, икки уонна онтон элбэх оҕолоох аҕа, 3 сааһыгар диэри саастаах инбэлиит оҕо аҕата, маны сэргэ оҕолоох уонна хат кэргэннээх эр дьон (26 нэдиэлэттэн).

Маны сэргэ доруобуйаларын туругунан көрүүгэ наадыйар, атын аймаҕа суох дьону ыарыылыыр призывник босхолонуон сөп. Бу нуорма төрөппүттэргэ, кэргэҥҥэ, бырааттарга, балыстарга, эһээҕэ, эбээҕэ, итиэннэ ииттэ ылбыт дьонугар көрүллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА