25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

3-7 саастаах оҕолорго босуобуйа суумата үрдүө дуо?

16:02, 19 января 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт сыл тохсунньутугар бэрэсидьиэн 3-7 саастаах оҕолорго ый аайы бэриллэр босуобуйа кээмэйин икки төгүл үрдэтэн, тиийинэн олоруу кээмэйигэр тиэрдиэхпит диэн эрэннэрэн турар, суруйар edersaas.ru.


Билигин 3-7 саастаах оҕолорго ыйдааҕы босуобуйа эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу кээмэйин аҥаарыгар – 8,6 тыһыынча солкуобайга (хоту улуустарга 10,3 тыһыынча солкуобайга) тэҥнэһэр.

2021 сылга бу кээмэйин үрдэтэр былааннаахтар, ол эрээри, барыларыгар буолбатах.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ бу босуобуйаны түһүмэҕинэн үрдэтэр систиэмэ туһунан этии киллэрбитэ. Ол чэрчитинэн, маннык буолар:

— 3-7 саастаах оҕолор тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥаарын саҕа суумалаах босуобуйаны ылаллар (кыаммат ыаллар);

— дьиэ кэргэн ыйдааҕы орто дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, босуобуйа улаатар (тиийинэн олоруу алын кээмэйин 75%-нын саҕа);

— бу үрдээбит босуобуйа сууматын эбии ааҕан туран, дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тиийбэт буоллаҕына, босуобуйа 100% үрдүүр (Саха сиригэр ортотунан 17,5 тыһыынча солкуобай). Ол эбэтэр, тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнэһэр босуобуйаны чахчы кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэр ылаллар.

3-7 саастаах хас да оҕолоох буоллахтарына, босуобуйа хас биирдии оҕолоругар бэриллэр. Ааспыт сылга бу босуобуйа кыра оҕолордоох үгүс дьиэ кэргэҥҥэ бэлэх курдук кэлэн, пандемия кэмигэр төһүү күүс буолбута саарбаҕа суох. Ол курдук, тохсунньуттан саҕалаан хос ааҕыллан кэлэн, биир оҕоҕо 100 тыһыынчаттан тахса солкуобайдаах суума кэлбитэ.

3-7 саастаах оҕолорго босуобуйа кээмэйин үрдэтии туһунан сокуон билиҥҥитэ тахса илик, ол эрээри, министиэристибэ оҥорбут систиэмэтинэн буолара күүтүллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА