30 Кулун тутар 30.03
  • -16°
  • $ 92,37
  • 99,53

2020 сыл түмүгүнэн Саха сиригэр 537 килэмиэтир суолу туттулар

11:01, 26 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак көмөтүнэн Саха сиригэр уопсайа 537 килэмиэтир суолу туттулар. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бу сарсыарда «Тэтим» араадьыйатыгар быһа тахсыытын кэмигэр эттэ.


«Барыта 537 килэмиэтир федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи, муниципальнай таһымнаах суоллар өрөмүөннэнэн, уларыта тутуллан, саҥаттан тутуллан үлэҕэ киирдилэр. Улахан үлэ федеральнай суолларга барда. Ол курдук «Бүлүү» федеральнай суолталаах суолугар Түүкээн үрэҕи туоруур күргэ тутулунна. Маны таһынан Мииринэй Сунтаар улуустары ситимниир күргэни астыбыт. «Өлүөнэ», «Бүлүү» суолларыгар улахан учаастактар аспаалланнылар, «Умнас», «Нам» эрэгийиэн суолталаах суолларга үлэлэр бардылар», — диэтэ Айсен Николаев.

«Улахан ситиһиинэн Кэбээйи суола түмүктэммитэ буолар, — диэтэ Ил Дархан. — Билигин Кэбээйиттэн Дьокуускайга 4-5 чааһынан кэлиэххэ сөп буолла». Айсен Николаев атын да улуустарга суоллар наадаларын, итиниэхэ үлэ салҕаныан эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА